gGuitarama
А

Абылаамаv2

MyTabs · Аккорды
Рекламаad-slot:header
Тон
0
Прокрутка
Шрифт
Вид аккордов
Вступление
Доҕоруом, эн тоҕо миигин
Абылыыр курдук туттаҕын,
Эн этиий, эн этиий.
Сирэйгин тоҕо кистиигин,
Тэтэркэй имнэргин миэхэ
Көрдөрүүй, көрдөрүүй.
Хос ырыата:
Тапталбын эйиэхэ этиэм,
Ырыабын ыллыам,
Күөрэгэй чыычаахпар холооммун,
Күн тыгар сардаҥатын мин
Сабардаан ылыам,
Бэлэхтиэм эйиэхэ доҕоруом.
Оо, эрэлбин сүтэримэ,
Эн сыыска-буорга тэпсимэ,
Өйдөөрүүй, өйдөөрүүй,
Эйигин эрэ мин буллум
Атыттартан ордороммун
Өйөөрүүй, өйөөрүүй.
Хос ырыата:
Тапталбын эйиэхэ этиэм,
Ырыабын ыллыам,
Күөрэгэй чыычаахпар холооммун,
Күн тыгар сардаҥатын мин
Сабардаан ылыам,
Бэлэхтиэм эйиэхэ доҕоруом.
Аналым, баҕар, эн буолуоҥ
Таайтараммын ыйытабын,
Эппиэттээ, эппиэттээ,
Саарбахтыыр мунаарар күммүн,
Инники кэлэр кэскилбин
Эн түстээ, эн түстээ.
Хос ырыата:
Тапталбын эйиэхэ этиэм,
Ырыабын ыллыам,
Күөрэгэй чыычаахпар холооммун,
Күн тыгар сардаҥатын мин
Сабардаан ылыам,
Бэлэхтиэм эйиэхэ доҕоруом.

Видео

Смотреть на YouTube

Видео для этой песни пока не подобрано.