gGuitarama
Х

Хаартыскаларv2

MyTabs · Аккорды
Рекламаad-slot:header
Тон
0
Прокрутка
Шрифт
Вид аккордов
Вступление
Intro:
Эргэрбит хаартыскалары,
Эмиэ ылан керебун.
Эргийбэт дьоллоох сылларбын,
Эймэнийэ ыллыыбын.
Санаан кэллим о5о сааным
Саппа5ырбат кэмнэрин,
Сарыгырар са5ахтарын
Сырдык бэлиэ куннэрин.
Оспот баастыы, одун тыллыы,
Отой хаалбат о5о сааным.
Куппун-сурбун кутурутан,
Куруук аймыыр кулунунум.
Эргиллэбин мин санаабар
Элэккэй о5о сааспар,
Эйэлээх кэрэ сылларбар
Эриэккэс ахтыл5аммар.
Эргэрбит хаартыскалары
Эмиэ ылан керебун,
Эргийбэт дьоллоох сылларбын
Эрэллээх до5отторбун.
Дьоллоох буолун до5отторум
Дьонун мааны дьон дэтин
Ыра санаа ырыатыныы
Ыраас сырдык ыллыктанын.
Оспот баастыы, одун тыллыы,
Отой хаалбат о5о сааным.
Куппун-сурбун кутурутан,
Куруук аймыыр кулунунум.
Outro:

Видео

Смотреть на YouTube

Видео для этой песни пока не подобрано.