gGuitarama
У

Урун туллук

Аккорды
Рекламаad-slot:header
Тон
0
Прокрутка
Шрифт
Вид аккордов
Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр,
Маҥан туллук эрэ далластыыр,
Ыраастыыра эрэ бөлтөрдүүр,
Доҕойумалыыр эрэ доҕоруом.
Ылбаҕайдыыр эрэ чыычааҕыам,
Туллуктуур эрэ доҕоруом,
Туохха баҕас туора көрөн,
Туоххаһыйар эрэ буолуоҥ дуо?
Туналыйар эрэ ньуурдааҕым,
Туттаҕардыыр эрэ бэйэлээҕим,
Кыталыктыыр эрэ кыылларга
Кытарабын эрэ, кыртайааныам.
Күлүбүрдэс эрэ дьүһүҥҥүн,
Күлүмнээн эрэ көрдөргүн
Күннээҕэр эрэ күндүтүк,
Көрөбүн эрэ, көмүһүөм.
Томтоҕоркоон эрэ түөстэргин
Толорутук эрэ кутуллубут
Чоронноох эрэ кымыска
Доҕуйабын эрэ,тоҕойуом.
Сайаҕастай эрэ санааҕын
Саҥабынан эрэ салгытар
Санаакайым эрэ суоххуйа,
Саргылардаах эрэ саһарҕам.

Видео

Смотреть на YouTube

Видео для этой песни пока не подобрано.