Олоҕум тухары
Аналбын көрдөөммүн
Бу сиргэ сылдьабын
Эйиигин буламмын
Соҕотох тапталым
Дьоллонор түгэммин күүтэрим
Этиэхтээх тылларым
Өйбүттэн суураллан
Ырыа буолан көтөн кэллилэр
Көрсөн туран сатаан эппэтэхпин
Эн сэрэйбэтэххин
Эйиигин эрэ кэтэспиппин
Хос ырыата:
Сырдык тапталбын
Булан ыламмын
Көрөн тураммын
Эйиэхэ ыллыыбын
Бииргэ сылдьыахха
Дьоллоох буолуохха өрүү
Иккиэн түстүөххэ
Эйэлээх оло5у
Мин дьылҕам бэлэҕэ
Нарын сибэккитэ
Эн эрэ буолбуккун
Эйэҕэс мичээргин
Кэтэспит түгэммин
Ырыабар хоһуйан ыллаатым
Эйиигин кытары
Мин дьоллох эбиппин
Кэнэҕэс кэмнэрбэр эрэлбин
Со5отох эйиигин мин көрөрбүн
Санаабын түмэрбин
Эйиэхэ эрэ эрэнэрбин
Хос ырыата:
Сырдык тапталбын
Булан ыламмын
Көрөн тураммын
Эйиэхэ ыллыыбын
Бииргэ сылдьыахха
Дьоллоох буолуохха өрүү
Иккиэн түстүөххэ
Эйэлээх оло5у