gGuitarama
Х

Ханна даv2

Аккорды
Рекламаad-slot:header
Тон
0
Прокрутка
Шрифт
Вид аккордов
Вступление
Айылҕа чочуйбут оҕото буоламмын
Бу орто дойдуга ыллаары кэлбитим,
Кэрэни-үөрүүнү бэлэхтиир баҕаттан
Бу ырыам тылларын эниэхэ аныыбын
Хос ырыата:
Ханна да, ханна да буолларбын ыллыаҕым,
Мин тыыннаах тылларбын эниэхэ аныаҕым
Ыллыаҕым ырыабар сүүрүктээх үрэҕи,
Туойуоҕум тойукпар толомон хонууну,
Урдүк таас хайаны, халыҥ тыа ойууру,
Ханнык да дьыл кэмэр сүрэхтэн иэйэммин
Хос ырыата:
Ханна да, ханна да буолларбын ыллыаҕым,
Мин тыыннаах тылларбын эниэхэ аныаҕым
Бэлэхтиэм эниэхэ ып-ыраас тапталы,
Сүрэхтэн кутуллар бу тыыннаах тыллары
Бэлэхтиэм эниэхэ кырдьыгы хонуйан,
Олоххо кэрэни,үтүөнү баҕаран
Хос ырыата:
Ханна да, ханна да буолларбын ыллыаҕым,
Мин тыыннаах тылларбын эниэхэ аныаҕым

Видео

Смотреть на YouTube

Видео для этой песни пока не подобрано.