Вступление
Кэл эн, доҕоруом, бу хараҥа
Түүҥҥэ барыахха,
Бу сулустаах түүҥҥэ иккиэн
Сэргэстэһэн хаамсыахха
Хос ырыата:
Бэлэхтээ эн миэхэ, бу түүнү бэлэхтээ,
Бэлэхтээ ол сырдык умайар сулуһу,
Эн биһи, эн биһи бу түүҥҥэ иккиэбит,
Эн уонна мин бу түүҥҥэ дьоллоохпут
Эн эдэр сүрэҕиҥ сылааһын
Ытыскар туттардыҥ,
Эн хап-хара хараххар мин таптал
Уотун көрөбүн
Хос ырыата:
Бэлэхтээ эн миэхэ, бу түүнү бэлэхтээ,
Бэлэхтээ ол сырдык умайар сулуһу,
Эн биһи, эн биһи бу түүҥҥэ иккиэбит,
Эн уонна мин бу түүҥҥэ дьоллоохпут